Тысячи
литературных
произведений на69языках
народов РФ

Красный галстук

Автор:
Иван Мигалкин
Перевод:
Евгений Каминский

Кылааспытыгар ыарыһах уол баара...

Кылааспытыгар ыарыһах уол баара,
Кини үөрэҕин эмиэ ыараҕырҕатара.
Дуоска иннигэр тылыттан матара,
Бэркэ да билэрин билбэт буолара.

Пионерга мэктиэлэммит күммүн
Бу баардыы сырдыктык өйдүүбүн,
Үөрэхтэригэр ситиспэт өртүн
«Эһиил көрүөхпүт», — диэбиттэрин.

Кылааспытыгар ыарыһах уол баара,
Кини үөрэҕин эмиэ ыараҕырҕатара —
Пионерга киирбэт буолтуттан
Марылаччы ытаахтаабыта ол уолчаан...

Биһиги — пионер буолуохтаахтар
Ытаабыты аһына барбатахпыт.
Уоскутар биир сылаас тылы булан эппэт,
Оо, хаҕыс да дьон эбиппит!

Ыарыһах уолбут сыһан-соһон
Бүтэрбитэ үһүс кылааһын,
Ол сайыныгар ууга түһэн —
Олохсон арахсыбыта олус эдэркээн...

Күн-дьыл ааспытын кэннэ ийэтэ
Миигин дьиэтигэр ыҥырбыта,
Уолун туһунан кэпсээбитэ,
Пионер хаалтыһын көрдөрбүтэ:

— Уолум ымсыыран-ымсыыран,
Дьокуускайдааҕы аймахтарбынан
Солко хаалтыс ылларбытым,
Төрөөбүт күнүгэр бэлэхтээбитим.

Өлүөн аҕыйах күн иннинэ
Утуйбут этэ хаалтыһын баанан,
«Аны күһүн хайаан да мин
Пионерга ылыллыам», — диэхтээбитэ...

Уолум уруогун аахтар эрэ
Уҥан хаалан куттуура,
Онтон иккиэн ытаһарбыт,
Эбиитин, арыгыһыт аҕабыт
                                      олуһун сордуура...

О, олох, эн наһаа да тыйыскын —
Эрэйдээх олохтоох
                           эрдэ арахсар дии быһыыта,
                                                 эйигиттэн.

Түһээммин, ыарыһах уолчааны
                                                көрөбүн —
Кыһыл хаалтыстаах
                           күлэ-үөрэ сылдьарын.
Билигин, бэл, пионер сылларын
Үөҕэр үөрэхтээх дьону истэбин,
Оччолорго уончалаах бэдик мин
Өйдөөбөтүм олох уон араас эргиирин.

Красный галстук

 

Я помню: был мальчишка в нашей школе,
Безропотный, болезненно худой,
неглупый, но глухой к ученью, что ли…
И был букварь большой его бедой.
Урок обычно выучив, он снова,
Как в первый раз, терялся у доски
и всё молчал, не в силах вспомнить слово,
глазами глядя полными тоски.
Я помню радость, шумную сверх меры,
когда по школе разлетелся слух,
что будут принимать нас в пионеры,
всех, кроме тех лишь, кто к ученью глух.
Кто лишний ноль в неправильном ответе,
уйдя из строя праздничных колонн,
несчастный самый в этот миг на свете,
один в сторонке тихо плакал он.
А мы, вполне счастливые в тот вечер,
полслова в утешение ему,
бедняге, не сказали, взяв за плечи,
жестокие, не знаю почему…
Как он хотел со всеми быть — до дрожи!
Как вечно отставал, но дотянул
и третий класс закончил с нами все же,
а летом тот мальчишка утонул…
С поры той школьной лет прошло немало,
и как-то раз его родная мать
меня к себе домой на чай позвала,
чтоб, наконец, о сыне рассказать.
«Сынок мечтал ведь с самого начала
своим быть среди вас, пока был жив, —
сказала мать и скорбно замолчала,
на стол вдруг алый галстук положив. —
И ничего другого здесь так страстно
он не желал в те трудные года...
Я подарила галстук этот красный
ему на день рождения тогда.
Он грезил наяву, хотите верьте,
хотите нет, лишь только им одним.
Я точно помню, накануне смерти
он так и спал всю ночь на шее с ним...
Уроки повторив раз сто иль двести,
он в обморок упасть мог под конец,
и от бессилья плакали мы вместе,
а за стеною пьяный пел отец...»
Жизнь эту брать приходится нам с боя,
и те, кто почему-то с детства в ней
безжалостной обижены судьбою,
уходят раньше прочих в мир теней.
Мне иногда теперь ночами снится
несчастный мальчик мира посреди,
счастливый и свободный, будто птица,
с тем маминым подарком на груди.
Теперь в цене те шустрые ребята,
которым дай, с ухмылкой наглеца,
охаять то, чем жили мы когда-то
и чем горели чисто так сердца...
Но кажется мне всё же почему-то —
недолго критиканам скалить рты.
Жизнь может повернуться снова круто
и сбросить их кумиров с высоты.

Рейтинг@Mail.ru