Дьол
Мин урут саныырым дьолум диэн:
Киэҥ да киэҥ кэскиллээх олоҕу,
Албаннаах тускуну уруйдуур
Алгыстаах ыһыахха ыксыыры,
Аартыктан аартыкка суһумнуур
Айан-суол соргутун сырсыыны,
Тапталы таайтаран дьиримниир
Сулустаах киэһэни күүтүүнү,
Күн ийэм бу курдук мичээрдиир
Сылааһын үйэ-саас билиини...
Билигин ааттыыбын дьолум диэн:
Аттыбар этэҥҥэ буолууну,
Уран тыл сулустаах суругун
Биир көмүс сүһүөҕүн булууну,
Уонна биир, уонна биир сүрэххэ
Күнүс-түүн баар буола турууну...
Счастье
Думала в детстве далёком, что счастье —
Это жизнь, исполненная в мечтах,
Это спешить на чудесный праздник,
Где о подвигах, славе песни звучат;
Гнаться за верной удачей праздной,
За поворотом ждущей тебя;
С трепетом вечера ждать, где звёзды
Великую загадают любовь;
Это уверенность в том, что мама
Тебе улыбнётся сегодня вновь,
И так будет вечно, так будет всегда…
А теперь я стала думать, что счастье —
Это тех, кто рядом со мной, покой,
Это в звёздной книге лучших песен
Остаться одной золотой строкой,
Это быть одной в единственном сердце,
Днём и ночью, любимый, быть с тобой.